Skip to main content

Дойду / Кыыл саҥата

Credits Татыйаас Филиппова October 22 2024

*

Дойду

бүгүн тыаллаах күн.

мин эйигин кытары сытан эрэ киинэ көрөбүн.

ноутбугу сирэйбэр ыкса уурабын,

киинэ иһигэр киирээри.

эн миигин таптаан буойаҕыҥ уонна экрааҥҥа туох эмэ сурук көһүннэҕинэ

тылбаастаан ааҕан биэрэҕин.

таһырдьа тыал урэрэ күүһүрдэ.

холорук, суол буорун көтүтэн,

кими эрэ дьиэ ааныгар дылы атаара онньуу сылдьар.

мин ыраас салгыны сиэхпин баҕарабын.

ыппын ыҥыран ыламмын, таһырдьа дьаарбайа тахсабыт.

ийэм эрийэн, тугу гынарбын ыйытар.

“Аня хаһан массыынатын оҥостор?”

сэрэйэбин: кини дойдутугар тахсаары ыксыыр.

онтон, миэхэ, дойду диэн тугуй?

ханна мин дойдум баарый?

баҕар, ханна эрэ, суол устатын тухары, куораттан Чурапчыга дылы, баар?

(баҕар, онно мин, кыра сылдьан, итини туhэрэн кэбиспитим?)

эбэтэр, Хайахсыт уонна Дириҥ икки ардыгар,

баара буолуо?

онно (ханна эрэ) олбуорбут маһа ханньарыйан турар,

оппут охсулла илик буолуохтаах –

охсор киһибит суох буолан.

(былырыын сайын эдьиийим Ася ыалын киһитин көрдөспүтэ.)

онно, от быыһыгар саһа сытар аһыҥалар мин сайыҥҥы түүлүм ырыатын таһаараллар.

олорон чугаһаатахпына сорохторо тохтоон харахтарынан көрөллөр,

миигин бэлиэтии санаабыт курдук.

“тураахтар хаппыт маска олордохторуна, ардах түһэр”, – урук эбэм итинник диир этэ.

тураахтар дойдуларыгар билигин кураан турар.

хаппыт маска олорон эрэ тураах төһө да хаһытаатын –

халлааҥҥа биир да былыт көстүө суоҕа.

сирбит хайа барыах курдук,

хайа барар даҕаны – ирбэт тоҥ ирэн.

тыа иһэ – тобус-толору сууллубут тиит.

биир сайын дириэбинэбитигэр ойуур баһаара чугаһаабыта –

тыал уларыйан, хата, ааһа барбыта.

ол туһунан ким да улаханнык саҥарбат –

сайын аайы – куйаас,

сайын аайы – баһаардар.

тыал бэйэтин баҕатынан уларыйар:

сороҕор күүһүрэр,

сороҕор аргыый аҕай урэр,

оччоҕо от-мас утуктаабыт курдук нэһиилэ хамсанар.

ийэм массыынанан хаптаҕастыы бараары миигин ыксатар.

мин олбуор аанын аһыам иннинэ тохтуу туһэбин,

тарбахтарым төбөлөрүнэн саҕахтаах маһы таарыйан ылабын.

илиибэр мас киириэ диэн куттанабын.

ийэм буойарын истэммин, рубашкам сиэхтэрин туһэрэбин,

син хамсанан барабын.

итинник, тохтуу-тохтуу, хамсанарым иһин,

бэйэбин борооскуга майгыннатабын

эбэтэр саҥа биирин туолбут ньирэйгэ.

мин эһэм хос аата Борооску диэн этэ.

өсөһүн иһин инньэ диэн ааттаабыттара буолуо, билбэтим –

майгытынан даҕаны, тас көрүҥүнэн даҕаны

хос аата киниэхэ бассар курдук этэ.

эбэтэр, баҕар, кини эмиэ,

ким эрэ – убайа-быраата, ийэтэ дуу, –

этэрин куруут кэтэһэ сылдьар буолан,

борооску диэн ааттаабыттара?

эбэм өлбүтүн кэнниттэн кини биир эрэ сыл уһаабыта,

эрдэттэн бэлэмнэнэн, ыраастанан барбыта.

кыра эрдэхпинэ детсадка кочегардыыр этэ

кэччэгэй соҕус этэ?

биһиги кэннибититтэн дьиэ уотун харыстаан

араара сылдьарын өйдүүбүн.

соторутааҕыта ийэм миэхэ Охоноос урукку хаартыскатын ватсаабынан ыыппыта.

онно кини хас саастааҕыгар түспүтэ биллибэт.

Хайахсыттааҕы сэбиэт бэрэссэдээтэлин кытта турар.

бэрэссэдээтэл, улахан киһи быһыытынан, кинини илиититтэн сиэппит.

иккиэн көстүүм кэтэн түспүттэр.

Охоноос көстүүмэ дэлби элэйэн хаалбыт, көмускэлгэ наадыйар курдук көрүҥнээх.

уонна, тоҕо эрэ,

ити баар оҕоҕо, кини сирэйигэр-хараҕыгар,

үчүгэй буочардаах суруксута биллэр.

билигин ити хаартыска – бороҥорон көстөр киһи омооно…

аҕалаах ийэм сыбаайбаларыгар Охонооһой Арамааны

харахха Хартый диэн ааттаабыта –

ону ийэм хомойон аҕабар эппитэ.

бу маннык, атаҕастаммыт курдук,

мин бэйэбин уонна төрөөбут тылбын син өр санаммытым.

онтон билигин, сахалыы суруйа сатыырбын иһин,

туох эрэ уларыйан иһэр курдук,

туох барыта бэйэтин олоҕун булуон сөп курдук.

кыра эрдэхпиттэн мин икки эһэм, тус туспа, миигин ат сүүрдүүтүгэр сырытыннарбыттара.

иккиэн хаартыһыттар этилэр.

иккиэн, тус-туспа, миигин баарыска онньуурга үөрэппиттэрэ.

уонна кинилэр иккиэн тугу эрэ наар ааҕа сылдьалларын иһин

(«Хотугу сулус» сурунаал бытархай баҕайы шрифтаах этэ дии, өйдүүгүн?),

мин эмиэ ааҕарбын сөбүлүүбүн.

Охонооһой оһох иннинэ кыра олоппостоох этэ,

онно оһох уотугар сирэйин тоһуйан табаахтыы олорорун өйдүүбүн.

Арамаан таһырдьа дьиэ иннигэр баар күлүккэ олорорун сөбүлүүр этэ.

санаабар, кини билигин даҕаны имиллибит «Беломорканал» бөппүрүөскэни уоба сылдьар.

күлүккэ, сэлээппэтин уонна хааһын анныгар,

кини амарах хараҕа көстүбэт.

билигин туохха барытыгар күрэҕэ киирэрим –

кинилэртэн сылтаан.

кинилэр иккиэн, туох да буолбутун иһин –

мин силистэрим. мин дойдуларым.

ыппын кытта дьиэбэр киирэбин.

“пиццаны аҕаллылар!” – диэн миигин куукунаҕа ыҥыраҕын.

пицца хаатыгар уруһуй:

ыччаттар пицца сии олороллор, аттыларыгар –

ол-бу араас поп-культураҕа сыһыаннаах маллар бааллар:

истиэнэҕэ «Друзья» сериалын плаката ыйанан турар,

долбуурга Гарри Поттер туһунан кинигэ, Дарт Вейдер фигурката.

уонна кинилэр быыстарыгар чороон баар.

мин санаабар, мин сахалыы суругум эмиэ маннык –

кими даҕаны атыҥыраабат,

туохтан даҕаны аһары күүскэ хомойбот.

уонна эмискэ, кэнниттэн кэлэн, кулгаахха

сыллыаҕын сөптөөх курдук.

кини бэйэтэ, миигиттэн ураты,

туспа олохтоох тыыннаах.


Кыыл саҥата

***

Дириҥ түүлгэ умсан баран

Атах сыгынньах тымныы муостаҕа

Аан диэки туһата суох сүүрэ сатаабакка

Уһуктаргар уһун уһукта көрдөҥ

***

Искэр буһа турар буоллаххына,

Кытаат, күөскүн өрүн,

Сиикэй эттэ онно бырах, эккин тустаа

Онтон дьэ,

Сахабын диэн

Толкуйдан

***

Иһин ыарыйдаҕына, төбөн

хайа бардаҕына

туох баар этиллибэтээх тылларын

сахсырҕанан күөмэйгэр кэллэхтэринэ,

бэйэҕин туттуна сатаама

Ол кэннэ

куртаххын кытта,

искэр олорор кыылгын кытта

кэпсэт, имэрий:

«Ыксаама, доҕоор, мин

кэтэһиэм эйигин»

Уонна туох буоларын кэтээн бил:

ити баар кыылын

туох баар иэдэйбит,

алдьаммыт,

икки гына аҥаардаммыт,

сүһүөхтэрин сүтэрбит,

киртийбит, буккуллубут, тоҥмут,

ууга түспүт,

баһаарга умайбыт,

кыра-хара-дьон-тыллары булан

саҥаттаан бииргэ холбуоҕа,

инчэҕэй тылынан салаан

уоскутуоҕа

***

Үөр буолбут тылларым быыһыгар

Биир эмэ тиллибит тыл тыгара көстүө

Like what you read?

Take action for freedom of expression and donate to PEN/Opp. Our work depends upon funding and donors. Every contribution, big or small, is valuable for us.

Donate on Patreon
More ways to get involved

Search